
Цыпандин Николай Данилович
Мин эбээм Слепцова( Цыпандина) Мария Николаевна аҕатын Цыпандин Николай Данилович олоҕуттан олус интириэһинэй түгэннэри кэпсээччи.
«Ааллаах Үүҥҥэ бастаан 1925 сылаахха айаҥҥа барар киһи ыалдьыбытыгар оҕус иччитэ диэн улахан дьону кытта Чөркөөххө диэри барбыт. Онно тохтуур сирдэригэр Өксөкүлээх Өлөксөйү көрбүт, кини үс күнү быһа олоҥхолообут. Ону көмүлүөк оһох кэнниттэн истибит. Өксөкүлээх барарыгар ыҥыран ылан «Хайаан да үөрэнээр, үөрэхтээх киһи элбэҕи билэр, улуу нуучча норуотун кытта доҕордоһоор» диэн баран блокнот уонна аҕыс кырыылаах харандаас бэлэхтээбит, уонна кыра кинигэ «үөрэннэххинэ бу кинигэни ааҕаар» диэн эппит.
Тээтэм тулаайах көрбөт ийэтинээн олорор буолан кыайан үөрэммэтэх, ол эрээри кэлин от үлэтигэр били блокнотугар харандааһынан бэлиэтэнэр эбит. Ол харандаастаах блокноту Өксөкүлээх бэлэҕэ диэн 1959 сылга диэри уура сылдьыбыта. Кэлин 1939-1940 сылларга аҕам Ааллаах Үүҥҥэ абаҕатын кытта айаҥҥа сылдьыбыт. Онтон сэрии буолан трудфроҥҥа Иркутскай уобаласка 1941 сыл күһүнүгэр үлэлээбит. Хараҕа олох мөлтөх буолан сэриигэ барбатах, дойдутугар төннөн кэлэн тыылга үлэлээбит.
1942 сылга Ааллаах Үүҥҥэ сэрии кэмигэр Ворошилов аатынан колхозтан 40 көлөлөөх бригаданы салайан таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт. Күһүн сэтинньигэ баран баран муус устарга кэлэллэр үһү. Сайынын Төҥүлүгэ рыбтрескэ үлэлээбит, онно хамнастарыгар 3-4 собону биэрэллэр эбит, ол балыгыттан аймахтарыгар бэрсэн элбэх киһини хоргуйууттан быһаабыт.
«Тарат дьоһун-мааны дьоно» диэн умнуллубат аатттарга анаммыт кинигэҕэ элбэх дьон махтала баар. Мэҥэ- Хаҥалас «Ийэ дойду көмүскэлигэр» диэн кинигэҕэ 89 страницаҕа тээтэм туһунан ыстатыйа баар. Кэлин бэйэтэ кыһаллан ааҕарга үөрэнэн, партия устаабын үөрэтэн коммунистар партияларыгар киирбитэ.Үчүгэй үлэтин иһин Сталин мэтээлинэн наҕыраадаламмыта, Коммунистическай үлэ ветерана буолбута. Улуу киһи Өксөкүлээх эппитэ диэн оҕолорун барытын үөрэхтээх дьон буолун диэн такайара. Онон биһиги, оҕолоро бары үөрэхтэнэн, аҕабытыгар муҥура суох махтанабыт. Аймахтарын оҕолорун оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ киирдэхтэринэ наар көмөлөһөрө, ону санаан тураммыт биһиги бииргэ төрөөбүттэр Төҥүлү оскуолатын бүтэрэр Тараттан төрүттээх туйгун үөрэхтээх, элбэх ситиһиилэрдээх оҕолорго анаан 2000 сылтан ыла стипендия олохтообуппут. Аҕам олус муударай киһи буолан биһиги үөрэҕи баһылаан, үчүгэй үлэһит буоламмыт , оҕолорбутун эмиэ үөрэхтээх дьон оҥортоон бу күн сиригэр дьоллоохпут».
Автор: Э.Цыпандин