
Чикальдина Наталья Константиновна (23.08.1929-31.10.2013 гг.)
“Оҕолордоох буоламмын дьоллоохпун”
Бу орто дойдуга киһи олох олороору, оҕо төрөтөөрү, ийэ, аҕа, эбээ, эһээ дэтээри күн сирин көрөр.
Биһиги дьиэ кэргэн тутаах киһитэ, сүбэ-ама, күүс-көмө, өйөбүл буолар күндү киһибит, күн-күбэй ийэбит, үлэ, тыыл ветерана Наталья Константиновна Чикальдина буолар.
Аҕабытынаан Иван Афанасьевич Чикальдинныын 7 оҕону төрөтөн, көрөн-харайан, улаатыннаран, үлэһит, үөрэхтээх дьон оҥордулар. Билигин 18 сиэн, 2 хос сиэн кинилэр олохторун салгыыллар.
Ийэбит Наталья Константиновна 1929 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр Сулҕаччы нэһилиэгэр Иннокентий Иннокентьевич уонна Акулина Алексеевна Неустроевтар диэн ыалга күн сирин көрбүтэ. Биир ыйдааҕар оҕото суох аймахтара Константин Селиверстович уонна Наталья Алексеевна Неустроевтар иитэ ылбыттар.
1941 сыллаахха Сулҕаччы оскуолатын 4 кылааһын бүтэрэр уонна Абаҕаҕа пионерскай лааҕырга барар. Лааҕырга сырыттаҕына “Сэрии буолла, онон бары дьиэҕитигэр бараҕыт” диэн биллэрэллэр. Оччолорго сэрии диэн тугун билбэт кыысчаан дьиэтигэр барарыттан үөрбүт аҕай. Онно бастакы хомуурга бииргэ төрөөбүт убайа барар.
“Ол сайын сөхпүтүм, от-мас барыта сап-саһархай, дэриэбинэ барыта буор күдэрик этэ. Онтон ыла мин үлэм саҕаламмыта”,- диэн кэпсиир ийэбит.
Оччолорго кини 12 саастаах, Бырабылыанньа хонтуоратыгар хаппараалынан үлэлээбит. Оҕо сылдьан быһый буолан, бэрт түргэнник бэбиэскэлэри таһар эбит. Онтон оҕуруот араас үлэтигэр күүһэ кыайарынан үлэлиирэ, улахан дьоҥҥо көмөлөһөн ноһуом тиэйэн, саһаан сааһылаан, кэлэн ааһар борохуоттарга мас бэлэмнииллэрэ. Ол кэмҥэ борохуоттар мастарын тиэнэ сылдьан оттуналлар эбит. Кэлин арыый улаатан, сэриигэ сылдьар дьоҥҥо куобах тириититтэн үтүлүк иһэ, кээнчэ тиксэн көмөлөһөрө, оҕолорго алтан иһиттэри хомуйтараллар эбит, онно ийэбит алтан чаанньык уонна көмүс ньуоска биэрбитим диэн ахтан – санаан ааһааччы. Сэрии сылларын бары алдьархайдарын эттэринэн-хааннарынан билбиттэр, ийэбит саастыылаахтара. Оччолорго бииргэ үлэлээбит дьонуттан Мария Ивановна Дьяконова буолар.
1945 сыллаахха комсомол кэккэтигэр киирэр. 17 сааһыттан колхозка ыанньыксыттаан барар. Үлэтигэр бэриниилээх буолан, бастыҥ ыанньыксыт аатын ылан, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка НХСБ –гар барар чиэскэ тиксэр. 1948 сыллаахха Сталин мэтээлинэн наҕараадаланар. 1955 сыллаахтан 2 сыл нэһилиэк депутатынан, народнай суут сэтээтэлинэн талыллан үлэлиир. Бу сыл кини олоҕун аргыһын Чикальдин Иван Афанасьевиһы көрсөн, олохторун холбоон ыал буолаллар. Соморсуҥҥа дьиэ туттан, 4 улахан оҕолоро манна күн сирин көрөллөр. Онтон 1960 сыллаахха Аммаҕа көһөн киирэллэр. Ол киирэн 15 сыл устата, пенсияҕа тахсыар диэри райпоҕа пекарняҕа үтүө суобастаахтык үлэлиир. Үлэлээбит сылларын устата элбэх Махтал суруктарынан, грамоталарынан, “Коммунистическай үлэ ударнига” знагынан наҕараадаламмыта.
Итинник үлэлэригэр бэриниилээх этилэр биһиги ийэлээх аҕабыт. Бэйэлэрин сэмэй майгыларынан, үлэҕэ үтүө суобастаах сыһыаннарынан холобур буолан, биһиэхэ оҕолоругар үлэһит дьон буола үүнэрбитигэр олук уурбуттар эбит.
Аҕабытынаан 40 сыл эйэ дэмнээхтик олорон, бука барыбытын үөрэхтээх дьон оҥордулар. Аҕабыт 1995 сыллаахха уһун, ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
“Санаам көнньүөрдэҕинэ, хайдах эрэ хоһоон суруйуохпун баҕарабын”,- диирэ ийэбит.
Оҕолордоох буоламмын
Дьоллоохпун дэнэбин
Сиэннэрдээх буоламмын
Сиэттиһэ сылдьабын.
Үөрүү-көтүү аргыстаах
Сылдьарбыттан үөрэбин
Уустук араас олоҕу
Көрөн кэллим ини дуу.
Элбэх араас үлэни
Үлэлээн кэллим мин
Сэрии сылларыгар
Аччык сылдьан үлэлиирим.
Сырдык халлаан күнүн көрөн
Олус диэн үөрдүм мин
Айылҕа дьикти кэрэтин
Хаһан да умнубаппын.
Кыыһа Галина Иванова. Соморсун.
Автор воспоминаний: Правнучка Гаврильева С ученица 10 «б» класса.
Наталья Константиновна 1929 сыллаахха атырдьах ыйын 23 кунугэр Сулҕаччы нэһилиэгэр Иннокентий Иннокентьевич уонна Акулина Алексеевна Неустроевтар диэн ыалга күн сирин көрбүтэ.
Биир ыйдааҕар оҕото суох аймахтара Константин Селиверстович уонна Наталья Алексеевна Неустроевтар иитэ ылбыттар.
1941 сыллаахха Сульаччы оскуолатын 4 кылааһын бүтэрэр уонна Абаҕаҕа пионерскай лааҕырга барар. Лааҕырга сырыттаҕына «Сэрии буолла, онон бары дьиэбитигэр барабыт» диэн биллэрэллэр, Оччолорго сэрии диэн тугун билбэт кыысчаан дьиэтигэр барарыттан үөрбүт аҕай. Онно бастакы хомуурга бииргэ төрөөбүт убайа барар. «Ол сайын сөхпүтүм, от-мас барыта сап-саархай, дэриэбинэ барыта буор күдэрик этэ. Онтон ыла мин үлэм саҕаламмыта», — диэн кэпсиир ийэбит. Оччолорго кини 12 саастаах. Бырабылыанньа хонтуоратыгар хаппараалынан улэлээбит, Оҕо сылдьан быһый буолан, бэрт тургэнник бэбиэскэлэри таһар эбит. Онтон оҕуруот араас улэтигар кууһэ кыайарынан улэпиирэ, улахан дьонно көмөлөһөн ноһуом тиэйэн, саһаан сааhылаан, кэлэн aahap борохуоттарга мас бэлэмнииллэрэ.
Ол кэмҥэ борохуоттар мастарын тиэнэ сылдьан оттуналлар эбит. Кэлин арыый улаатан, сэриигэ сылдьар дьонно куобах тиринтиттэн үтүлүк иһэ, кээнчэ тиксэн көмөлөһөрө, оҕолорго алтан иһиттэри хомуйтараплар эбит, онно эбээбит алтан чаанньык уонна көмус ньуоска биэрбитим диэн ахтан-санаан аһааччы.
Сэрии сыпларын бары алдьархайдарын эттэринэн-хааннарынан билбиттэр, эбээбит саастыпаахтара. Оччолорго бииргэ улэлээбит дьонуттан Мария Ивановна Дьяконова баар.
1945 сыплаахха комсомол кэккэтигэр киирэр. 17 сааһыттан колхозка ыанньыксыттаан барар. Үлэтигэр бэриннилээх буолан, бастыҥ ыаннь ыксыт аатын ылан, дойдубут тэбэр сурэҕэр Москва куоракка НХСБ-гар барар чиэскзэ тиксэр.1948 с. Сталин мэтээлинэн наҕараадаланар. 1955 сыллаахтан 2 сыл нэһилиэк депутатынан, народнай суут сэтээтэлинан талыллан улэлиир, Бу сыл кини олоҕун аргылын Чикальдин Иван Афанасьевны көрсөн, олохторун холбоон ыал буолаллар. Соморсунҥа дьиэ туттан, түөрт улахан оҕолоро онно кун сирин көрөллөр. Онтон 1960 сыллаахха Аммаҕа көһөн киирэллэр. Ол киирэн 15 сыл устата, пенсияҕа тахсыар диэри райпоҕа пекарняҕа үтүө суобастаахтык улэлиир.
Улэлээбит сыпларын устата элбэх Махтал суруктарынан, грамоталарынан, «Коммунистическай улэ ударнига» знагынан наҕараадаламмыта.
Итинник улалэригэр бэриниилзэх этилэр биһиги эһээлээх эбээбит. Бэйэлэрин сэмэй майгыларынан, үлэҕэ үтүө суобастаах сыһыаннарынан холобур буолаллар.
Эһээбитинээн 40 сыл эйэ дэмнээхтик олорон, оҕолорун бука барыларын уерэхтээх дьон онордулар. Эһээбит 1995 сыллаахха уһун, ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
Эбээм төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор соло буолбат этэ. Күннэтэ сиэннэрин, хос сиэннэрин бүөбэйдээн, дьэ-уот үлэтигэр барытыгар сүүрэрэ- көтөрө.
Кыра сырыттахпына эбээм миигин хас сарсыарда аайы атаарара, күрүөм ааныттан тахсан сүтүөхпэр дылы түннүккэ наар турар буолааччы, онтон кэлэрбэр түннүктэн тэйбэтэҕин курдук наар миигин кэтэһэн турара. Дьиэ аана арыллан истэҕинэ хас биэс ылбыппын хаһытаан кирээччим, ону эбээм этэрэ: «Алинам оскуола биэһин барытын хомуйан кэлбит!». Биһигини барыбытын элбэххэ үөрэппитэ, наһаа күүскэ таптыыр этэ, хомойуох иһин Алтынньы 31 күнүгэр 2013 сыллаахха ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
Эбээм биһиги ийэ дойдубут туһугар үлэлээбитэ хаһан да умнуллуо суоҕа, кини сиэннэригэр уонна хос сиэннэригэр холобур буолар.
Автор: Сиэнэ А.Ю.Иванова