Чепалов Азот Иванович

Сэрии буолар кэмигэр, биhиги, Дьокуускай куоракка олорор этибит. Ол кэмнэ, ейдеен хаалбытым диэн эдьиийим килиэп а5аларын кэтэhэн, куну — быhа туннуккэ олорор этим. Дьоннорум иккиэн улэлэригэр сырыттахтара. Килиэптэрин эдьиийим карточканан ылар эбит. Кыhыл бэргэhэлээх этэ, онон ыраахтан кестере. 1943 сыллаахха, Уеhээ Булуугэ пароходунан барбыпыт. Ый кэринэ айаннаабыппыт.

Онно да тиийэн кыра о5о санаата ас эрэ буолара: турнепс ха5ын сиирим, наhаа да минньигэс эбит этэ.

Сарсыарда аайы а5ам араадьыйа истэн, истиэнэ5э баар кыра каарта5а бэлиэ онороро. Ол кэмнэ, ким да айдаарбат, мэниктээбэт этэ. Биири билигин ейдуубун. Туох медицинскэй проверка5а, син элбэх о5олор этибит. Онно сыгынньахтаабыттарын кэннэ кердеххе: бары испит ынайан, ойо5оспут адаарыhан, сиспит тоно5оhо кэчигирээ, моонньубут синньээн, тебебут саллайан, туеспут кимиллэн, дьэ, билигин санаатахха, ыарахан хартыына этэ.