
Степан Дмитриевич Чаров (1892-1964 сс.)
Мин хос эһэм (ийэм өттүнэн) Степан Дмитриевич Чаров кадровай булчут этэ. Кини Тааттаҕа төрөөбүт, онно олорон үлэлээбит.
Хос эһэм бастакы кэргэнэ Аграфена Алексеевна уон үстэ оҕоломмут эбит, ол эрэн бары кыра сылдьан олохтон туораабыттар. Кэргэнэ эмиэ ыалдьан өлбүт. Онон хос эһэм олоҕо ыарахан этэ. Кини көнө-судургу майгылаах, аҕыйах саҥалаах, сэмэй, чөл олоҕу тутуһар, муус доруобай киһи эбит.
Хос эһэм Степан Дмитриевич Серовка (Таатта улууһа) олохтон барыар диэри саһыл ферматыгар үлэлээбит. Тыа сирин олохтооҕо буолан сүөһү иитэн, хаһаайыстыба тутан, дьиэ кэргэнин иитэн олорбут.
Сэриигэ 49 саастаах буолан барбатах. Кини булчут буолан, сэрии кэмигэр тайахтаан, бөһүөлэгин ыалларыгар куруук бэрсэр эбит, ас кэмчи кэмигэр дьон махтанан кэпсииллэрин истэр этибит, түүлээҕин былаанын мэлдьи толороро диэн эбэм Мотрена Степановна Чарова ахтара.
Колхоз киниэхэ бултууругар анаан ат уларсара үһү. Кыһын сыарҕанан ыйдаҥалаах түүн булдун тиэйэн, бытыга кырыаран үөрэн киирэрин бу баардыы өйдүүбүн диэн эбэм кэпсиирэ.
Мин эбэм киниэхэ иккис кэргэниттэн соҕотох оҕото буолан, хаһаайыстыба ис-тас үлэтигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьан көмөлөһөр эбит. «Сааскы каникулга кыһыҥҥы маспытын эрбиирбит. Күөлтэн муус, бааһынаҕа оҕуһунан балбаах тиэйтэрэр этэ. Сайынын колхозка 30% от оттуурга көмөлөһөрө. Тыаҕа сылдьан, ата кыһынын сиир отун оттоон кэлээччи» диэн эбэм Мотрена Степановна бэлиэтээн этэрэ.
1964 с. күһүн балаҕан ыйыгар саһыл ферматыгар үлэлии сылдьан, тайахтыы тахсан баран, тыатааҕыга (кырдьаҕаска) былдьаммыт. Онон хос эһэм Степан Дмитриевич доруобай туруктаах 72 сааһыгар бу орто дойдуттан бараахтаабыт.
Автор: Егоров Н., 8 кылаас