
Чахов Иван Гаврильевич (1915 — 1997 сс)
Мин хос эhээмаатаЧахов Иван Гаврильевич (1915 — 1997 сс).
Кини 1915 сыллаахха атырдьах ыйын 30 күнүгэр Таатта улууhун Баайаҕа нэhилиэгэр төрөөбүтэ.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр кини «Кутаама» диэн колхозка председателынэн ананан үлэлээбитэ. Кини салайар кэмигэр колхоз үлэтэ үрдүк таhаарылаахтык сайдыбыта, дьон-сэргэ этэҥҥэ үлэлээн, Кыайыы күнүн үөрэ-көтө көрсүбүтэ. 1945 сыллаахха хос эhээм Иван Гаврильевич тыылга үчүгэй үлэтин иhин Сталин мэтээлинэн на5араадаламмыта.
Кини хос эбээбинээн Мария Христофоровналыын 8 о5ону төрөтөн, иитэн улэhит дьон
оҥорбуттара. Хос эhээм наар тутууга прорабынан үлэлээбитэ, кини салалтанынан Уус-Тааттаҕа, Баайаҕаҕа элбэх тутуу барбыта.
Мин хос эhээм Иван Гаврильевич — мас ууhа, кини салалтатынан элбэх ыал саҥа дьиэ туттубута, түннүк арааматын, дьиэ ааннарын онорон элбэх дьон махталын ылбыта.
Наҕараадалара:
- Yлэ-тыыл бэтэрээнэ;
- Yчугэй үлэтин иһин иккитэ Ленин орденынан;
- Тыылга үлэтин иhин Сталин мэтээлинэн.
Мин хос эhээбинэн киэн туттабын, махтанабын!
Автор: Д.Прохорова, 10 «а» кылаас






ГКУ РС(Я) «Национальный архив Республики Саха(Якутия)
ГКУ РС(Я) «Национальная библиотека Республики Саха (Якутия)»
ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского» ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
ГБУ ГМХК «Национальный художественный музей Республики Саха (Якутия)»
Якутское городское отделение Всероссийского общества охраны памятников и истории (ЯГО ВООПИК)