Бурнашева Анастасия Васильевна (1919 г.р.)

Мин эбээм аата Анастасия Васильевна. Кини 1919 с., Уус-Алдан оройуонун Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1941 с. Сэрии буолбутугар 1 ыйдаах тыраахтар куурсугар үөрэнэн баран, тыраахтар уруулугар олорбута. Сэрии кэмигэр ыарахан үлэҕэ бэйэтин харыстаммакка түүннэри-күнүстэри үлэлээбитэ. 1942 сылтан хас да сыл ыччат комсомольскай тракторнай биригээдэтигэр биригэдьииринэн үлэлээбит. Ол курдук 14 сылы быһа траахтарга үлэлээн баран Уус-Алдан МТС-гар 35 сыл бухгалтериятыгар үлэлээбит. Ити үлэлии сылдьан 3 төгүл Саха АССР Верховнай советын Почетнай грамотатын ылбыт, 1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин мэтээлинэн, «Кыайыы 30 сыл.»-40-50-60-65 сс, «Маршал Жуков», «Ветеран тыла», Мүрү нэһилиэгин (1971с.), Уус-Алдан улууһун «Бочуоттаах олохтооҕо» (1995с.) аат иҥэриллибитэ. Мин эбээбинэн киэн туттабын, олус күүскэ таптыыбын, өссө да уһуннук ыалдьыбакка биһигини үөрдэ турдун. Кини үөрэтэр, сүбэлиир тыллара биһиэхэ холобур буолар. Биһиги, эбээбитинэн киэн туттабыт, киниэхэ сүгүрүйэбит!

 

Автор: К.Сивцева, 8 «б» кылаас.