
Бродникова (Барашкова) Варвара Константиновна
Мин хос эбэм Барашкова Варвара Константиновна Мэҥэ Ханалас оройуонун I Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн төрүттээх, бииргэ төрөөбүт иккиэлэр, а5ыйах сыл балыс Миитэрэй диэн сурдьулаах. А5алара олох эрдэ өлбүт, ийэлэрэ эмиэ сэрии эрэ иннининэ эмискэ ыалдьан өлөн, о5олор иккиэйэх тулаайах хаалбыттар. Кыыстаах уол оскуола5а үчүгэйдик үөрэнэллэрэ гынан баран , олох кыһал5атыттан салгыы үөрэммэтэхтэрэ. «Димитров» аатынан холхуос улэһиттэрэ буолбуттара.
Эбэм сурдьа Барашков Дмитрий Константинович , сааһын ситэ илик уол сэрии кэмигэр Хачыкаакка биир сыл суол тутуутугар үлэлээбитэ. Онно тымныйыы содулуттан уол былчархай сөтөлө буолан, дойдутугар кэлэн, сыл буолбакка өлбүтэ. Эбэм Балбаара чорон со5отох хаалан , туох баар үлэ5э барытыгар үлэлээбит. Сэрии устата хас биирдии күнү былдьаһыктаах кэминэн аа5ан , кыайыыга кылаатын киллэрсибитэ. »А5а дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх улэтин иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Варвара Константиновна ханнык да үлэ5э боччумнаахтык , дьоһуннук , көнө сүрүннээхтик сыһыаннаһарын иһин сүөһү ферматыгар биригэдьииринэн ананан үлэлээбит, нэһилиэк сэбиэтин депутатаынан талыллыбыт.
Автор: Хос сиэнэ Л.Сивцева, 6В кылааһын үөрэнээччитэ