Борисова (Хачанова) Мария Еремеевна 

Амарах сүрэхтээх ийэкэм

Сир үрдүгэр саамай убаастыыр, ытыктыыр киһим күн сирин көрдөрбүт күн-  күбэй ийэкэм, Борисова Мария Еремееевна буолар.  Кини элбэх оҕолоох ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтэ.  Кыра эрдэҕиттэн ыарахан үлэни үлэлии үөрэммитэ.

Сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан таптаһан  тылгыны нэһилиэгиттэн төрүттээх Бориосв Василий Дмитриевичтыын ыал буолбуттара. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр тоҕуспут. Мин ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтүм, Ефремова Клара Васильевна буолабын. Кэргэним Ефремов Елисей  Елисеевич, икки игирэ уолаттардаахпыт.

Ийэбит өр сылларга балыыһаҕа прачканан үлэлээбитэ. Аҕалаах ийэбит үлэлэригэр бардахтарына биһигини улахан убайдаах эдьиийбит көрө хаалааччылар. Элбэх оҕолор ьуоламмыт бары эйэлээхпит, дьиэ ис- тас үлэтин барытын сатыырбыт. Ийэбит олох кырабытыттан иһит- таҥас сууйтара үөрэппитэ, инньэ гынан ийэбит үлэтиттэн кэлэригэр дьиэ үлэтин барытын толорон үөрэ- көтө көрсөөччүбүт.  Кини үлэтиттэн кэлэн баран хаһан да сылайдым диэччитэ суох. Иистэнэр буолан ийэбит тоҕус оҕо таҥаһын- сабын барытын тигээччи, ол курдук билигин да иистэнэр, түүлээх таҥаһы да илиититтэн түһэрбэт. Ийэбит олус минньигэс астаах, билигин ыал да буолан бараммыт, ийэбит аһын аһыы мустабыт.

Мин саамай чугас эрэнэр киҥим ийэм буолар, киниэхэ солуммун, үөрүүбүн- хомолтобун үллэстэр, сүбэ- ама биэрэр киһим.

Күн сирин көрдөрбүт  амарах сүрэхтээх ийэбэр барҕа махтал!

 К.В.Ефремова

Олоҕум кэрдьииһиттэн ахтыылар

1934 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Хачаановтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон 3 Күүлэткэ төрөөбүтүм, Маарыйа диэн ааттаабыттара. Ыал бастакы оҕото буоламмын, дьиэ сүрүн үлэтэ, оҕо көрүүтэ миэхэ этэ. Кыра сааспыттан оҕус сиэтэрим, от мунньарым. Аҕам булчут буолан аас дьылларга тыыннаах хаалбыппыт. Сайыҥҥы кэмҥэ аҕам отко сылдьааччы, онтон ийэм өр сылларга дояркалаабыта, кэнники оскуолаҕа остуорастаабыта.

1953 с. Тылгыны  нэһилиэгиттэн төрүттээх Борисов Василий Дмитриевичка кэргэн тахсыбытым. Маҥнайгы оҕобун Лиданы төрөөн баран Дьаархаҥҥа үүт эрийээччинэн сылдьыбытым. Баһылай аармыйаҕа сулууспалыы барбыта, кэлтин кэннэ 9 оҕоломмуппут.  Баһылай маҕаһыыҥҥа рабочайдаабыта, ол кэннэ Тун өрүскэ уу кэмнээччинэн өр сылларга үлэлээбитэ.  Мин балыыһаҕа 1963 сылтан 1993 сылга диэри прачканан үлэлээбитим. Балыыһаттан пенсияҕа тахсыбытым. Оҕонньорум Баһылай  1984 с инсультаан ыалдьан кинини көрөн- харайан олорбутум. 2002 с муус устар ыйга орто дойдуттан барбыта. Билигин оччугуй уолбун Баасканы  кытта олоробун, 9 оҕолоохпун, 32 сиэннээхпин, 14 хос сиэннээхпин. Сиэннэрбин көрсөн илии- атах , көмө киһи буолан чэгиэммин . Былыргыттан иистэнэр буоламмын иллэн кэммэр иистэнэбин. Билигин да чэгиэммин, айылҕаҕа сылдьарбын ордоробун, отоннуубут, сир аһын эгэлгэтин хомуйарбын сөбүлүүбүн.

Бу орто дойдуга төрөөммүн элбэх оҕолоохпуттан, сиэннэрдээхпиттэн, хос сиэннэрдээхпиттэн толору дьоллоохпун дэнэбин. Оҕолорбун, сиэннэрбин көмүс курдук көрөбүн, кинилэр дьоллоох уһун үйэлээх буолалларыгар баҕарабын.

 

 

Автор: М.Е.Хачанова- Борисова.