
Барабанова Ульяна Тихоновна (1932 г.р.)
Хос эбэм Ульяна Тихоновна Барабанова, 1932 сылга Дьыбадаах диэн сиргэ төрөөбүт. Ийэтэ 12 тэ оҕоломмутуттан икии эрэ оҕото тыыннаах хаалбыт. Сэрии кэмигэр дьонун кытта Кулун оонньообут диэн сиргэ ыраах үрэххэ сүөһү көрө тахсыбыттар, онно олорон ийэтэ оҕолонобун диэн өлбүт. Саҥа төрөөбүт оҕону, эбэм уон саастаах кыыс бэйэтэ көрө сатаабыт да, оҕо өлбүт. Эбээм сэрии кэмигэр ийэтэ суох тулаайах хаалан аччыктааһын ыараханын билбит.
Интернакка олорон оҕолор аччыктаан хотон аанын тириитин көтүрэн, алааска соһон таһааран, уокка үтэн сиирбит диэн кэпсиирэ. Сүөһү көрүү, бааһынаҕа туорах хомуйуу, оҕус сиэтии — бу барыта сэрии кэмин оҕотун санныттан түспэт үлэ этэ. Сэрии кэнниттэн комсомолга киирэн, бастыҥ общественница, үлэһит бэрдэ буолан элбэхтик хайҕанара.
Эһэбэр Юда Яковлевичка кэргэн тахсан 10 оҕону төрөтөн, герой ийэ буолбута. Бииргэ төрөөбүт убайа, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбута. Эбэм тыыл, үлэ ветерана, сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллээх.
Эбэм 2020 сыл муус устар 22 күнүгэр олохтон туораабыта.
Автор: Шадрин А., 3 кылаас үөрэнээччитэ