
Архипов Павел Романович (1904 – 1976)
Мин хос-хос эһэм Павел Романович Архипов Хаҥалас улууһун Батамайын, Хайа Баhын олохтооҕо. Ыал соҕотох уола, 1943 сыл сайыныгар Батамай нэһилиэктэн эр дьон сэриигэ барбыттар. Өрүһүнэн “Ленин”парохуотунан устан тийэн Читаҕа 1945 сыллаахха диэри сулууспалаабыт.
1945 сыллаахха Дьоппуон сэриитигэр кыттыбыттар. 150 км суола-ииһэ суох истиэбинэн, ардах, сиик, тыал ортотунан, элбэх эрэйи көрсөн,сатыы Хайлар кириэппэһигэр тиийбиттэр. Бу айаны тулуйбакка ыалдьааччылар да бааллара, ону барытын тулуйан, бэйэ-бэйэлэригэр күүс-көмө буолбуттар.
Эһэм сэрииттэн 1945 сыллаахха сэтинньигэ “За победу над Японией” мэтээллээх кэлбитэ.Ситэ аһаабатах, ырыган, ыарыһах туруктааҕын, дьоно сыл устата биэ үүтүнэн эмтээн, атаҕар туруорбуттара. Сэрии кэнниттэн колхозка үлэлээбитэ. Кини доҕолоҥ атахтаах эрээри үлэ бары көрүҥэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар этэ. Булгунньахтаахха олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ,олорбута. Бырааһынньыктарга көстүүмүгэр “За победу над Японией» мэтээлин, “20лет Победы в ВОВ”, “50 лет Вооруженных сил”наҕараадаларын иилинэн, оскуола оҕолоругар сэриигэ сылдьыбытын туһунан кэпсиирэ.
Өлүөнэ биэрэгэр Батамайга биир дойдулаахтара Албан ааттаах мэҥэ таас туруорбуттара, онно сэрии бэтэрээннэрин ааттарын суруйан үйэтиппиттэрэ. Кинилэр истэригэр мин хос эһэм, сэрии бэтэрээнэ, ытык- мааны Архипов Павел Романович аата баар.
Автор: М.Иванов, 5б ЯГНГ.