
Андросова Парасковья Николаевна (1930 г.р.)
Эбэм Андросова Парасковья Николаевна алтынньы 8 күнүгэр 1930 сыллаахха Уус -Алдан оройуонугар Бэйдиҥэ нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Убайынаан Уйбаанныын иккиэлэр этэ. Ийэлэрэ эрдэ өлөн , а5алара бастакы хомуурга А5а дойдутун көмүскүү 1941 сыллаахха сэриигэ баран сура5а суох сүтэн төгүрүк тулаайах хаалбыттара. Эбэм убайынаан кырдьа5ас эбэлээх эһэлэригэр иитиллибиттэрэ. Эбэм сэрии кэмигэр 11 саастаах о5о этэ. Оскуола5а 2 кылааһы бүтэрэн баран салгыы кыайан үөрэммэтэ5э, сэрии ыар тыына кинилэр дьиэ кэргэннэрин тумнубата5а. Эрдэ туран эбэтигэр көмөлөһөн баран колхозка о5ус сиэтээччинэн, үүт түһэрээччинэн көмөлөһөр этэ. Сайын бугул түгэ5э харбааччынан, туох кини холугар сөп түбэһэр үлэ5э барытыгар көмөлөһөр этэ. Эһэлээх эбэтэ сүөһүлээх буолан эһэтэ куобахтаан, балыктаан хоргуйууну арыый чэпчэкитик аһарбыттара. Хоргуйбут, быстыбыт дьоҥҥо күүс көмө буолаллара, аһатан хоннорон ыыталлара. Эбэм хойукка дылы кэпсиир этэ. 1956 сыллаахха эһэбэр кэргэн тахсан 5 о5олонон Амма улууһугар, Соморсун нэһилиэгэр олохсуйбуттара. Ол иннинэ эһэбинээн Чурапчы улууһугар Бахсыга олорбуттара, колхозка үлэлээбиттэрэ. Соморсуҥҥа кэлэн детсадка уһун кэмҥэ поварынан, ньээнкэнэн үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр элбэхтик грамотанан, махтал суруктарынан, нэһилиэгэр бочуоттаах олохтоох диэн бэлиэнэн на5араадаламмыта. Мин хос эбэм наһаа эйэ5эс майгылаах, дьонно үтүөну эрэ ба5арар, кыыһырар диэни билбэт, куруук сүбэ-ама буола сылдьар майгылаах этэ.
Автор: Д.Перевалова, ученица 8 класса.