
Андросова Мария Петровна (1920 г.р.)
Мин хос эбээм Андросова Мария Петровна 1920 сыллаахха Мандыгытта диэн алааска, дьадаҥы ыалга иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Эдьиийэ Мотя, көрөн турдаҕына, Халдьаайыттан Куулага Эбэни тыынан туораан иһэн ууга былдьаммыта. Оскуолага үөрэнэ баран иһээхтээбит. Сут кэмигэр соҕотох быраатын Бүөтүрү уончалаах эрдэҕинэ таайдара Хоростоон Кэбээйигэ балыкка илдьэ баран мэлиппитэ. Онон хос эбээбит барахсан суос соҕотох хаалан таайа Атыыһыт Миитэрэй өйөөн тоҕус оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруоран отучча сиэннэнэн төрдүн уһаппыта.
Хос эбээм уоттаах сэрии, сут кураан кэмнэрин этинэн-хаанынан билбитэ, араас ыарахан үлэҕэ сылдьыбыта. Ол курдук Ханалас улууһугар леспромхоска тыраахтарга анаан илиинэн чараас чууккалары эрбииллэрэ. Онно сылдьан түөһүн тымнытан, өлө сыһан дойдутугар кэлэн өрүттүбүтэ. Сайынын-окко, от үлэтэ бүттэ да-бурдукка, онтон ыанньксыттары солбуйан ынах ыыр, тамыйах көрөр. Кыайыы кэнниттэн оҕуһунан уу баһааччынан үлэлии сырыттаҕына, эһээм Марков Семен Егорович, дуруусканан кэлэн кэргэн кэпсэтэн, дьэ бас билэр иһиттэнэн-хомуостанан ыал буолбуттара.
Хос эбээлээх эһэм Улуу Кыайыыны уһансыбыт сыралаах үлэлэрин туоһулуур Сталин мэтээллээхтэрэ. Кэлин элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан на5араадаламмыттара. Коммунистическай Үлэ ударниктара этилэр.
Автор: Хос сиэнэ А.Сивцева, 6в кылаас үөрэнээччитэ