Андросов Иннокентий Сидорович (1915-1997)

Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр 1915 сыллаахха төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха Булуҥ оройуонугар күһүн хаар түспүтүн кэннэ Быһыттаах диэн сиргэ устан тиийбиттэр. Туох да суох кумах сиригэр өрүһүнэн устан кэлбит тоҥ мастары уончалыы буолан хайаны өрө соһон таһааран үрдүк сиргэ бараак дьиэ туттубуттар. 1944 сылга диэри тутууга сылдьан баран, кэлин балык собуотугар үлэлээбит. Быков колхуостан тахсан, Молотов колхозка чилиэнинэн киирэр. Дойдутугар кэлэн баран уһуннук тутууга, сайынын окко оҕолору дьаһайан звено салайааччытынан үлэлээбитэ. Кыайыгаһынан, үлэһитинэн нэһилиэккэ биллэр этэ. Эдэр эрдэҕиттэн колхозка, совхозка үлэлээбитэ. Тутууга тутуу маһын кэрдиитигэр ситиспит үрдүк көрдөрүүлэрин, бастыҥ хонуу үлэһитин, кэлин пенсияҕа баран сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ үчүгэй үлэтин Саха АССР Верховнай сэбиэтин Эҕэрдэ суруга, ССПК Чурапчытааҕы райкомун Махтал суруга, Эрилик Эристиин колхуос бырабылыанньатын махтал суруктара туоһулууллар. 1967 сыл Грузияҕа барар путевканан наҕараадаланан күүлэйдээн кэлбитэ.

Эбэлээх эһэбит, кинилэр уруулара, аймахтара Кыайыы туһугар бука бары тыылга күүскэ үлэлээбиттэрэ. Сэрии сылларын бары эриирин тулуйбуттара, олохторун толук уурбуттара. Кыайыыны уһансыбыт кыргыһыыларын, олох иһин дьулуурдарын, дьоруойдуу хорсун быһыыларын кинилэр кэннилэриттэн хаалбыт наҕараадалара, мэтээллэрэ, ахтыылар, кинигэлэргэ бэчээттэнэн хаалбыт матырыйааллар үйэлээх өйдөбүнньүк буолаллар. Сиэттэрэ, хос сиэттэрэ кэриэстээн ааһаллар, киэн тутта ааттыыллар.
Елизавета Афанасьевна, Иннокентий Сидорович Андросовтар 44 сыл бииргэ олорон 10 оҕоломмуттара. Сиэттэрэ, хос хос сиэттэрэ кинилэр олохторун салҕыыллар.

 

 

Автор: И.Охлопкова, ученица 6 «Б»