
Андросов Иннокентий Сидорович (1915 г.р.)
Аат ааттатар, удьуор утумун салҕыыр уол оҕолордооҕуттан олус үөрэрэ.
Аҕам Лэгэнтэй 1915 сыллаахха төрөөбүт. Кэлтэгэйгэ этэҥҥэ олордохторуна Аҕа дойду сэриитэ буолан, икки убайын кытта быраата сэриигэ бараллар. Мин аҕам 1942 сыллаахха Булуҥҥа Хоту көһүүгэ барар. Онно балык булдугар үлэлиир. Тоҥон-хатан, аччыктаан, эрэй-муҥ бөҕөтүн көрбүттэр. Аҕам хоргуйан өлүөҕүн, Апонскай диэн нуучча табаарыһа быыһаабыт. Арахсалларыгар: «Дойдугар тиийэн ыал дьон буоллаххына, биир эмит оҕоҕор мин ааппын биэрээр», — диэбит. Ол кэриэһин толорон Апонскай диэнтэн таһааран миигин Апон диэн ааттаабыт.
Кыайыы буолбутун кэннэ, 1947 сыллаахха, дойдутугар Көһүүттэн кэлэр. 1952-1953 сылларга Хайахсыттан төрүттээх ийэбитин көрсөн ыал буолаллар. Ийэбит эмиэ Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа. Хоту Эдьигээҥҥэ сылдьыбыт. Ыал буолан быр-бааччы олорон, уон оҕону төрөтөн, көрөн-истэн барыбытын ыал дьон оҥортообуттара. Биэс кыыс, биэс уол оҕоломмуттара. Аҕабыт убайдара Бүөтүр уонна Сэмэн, кыра Сэмэн сэриигэ баран баран эргиллибэтэхтэр. Ону таһынан кыра быраата Охонооһой Хоту көһүүгэ сылдьан сааҕа дэҥнэнэн өлөр. Ону наһаа хомойон, хараастан кэпсиирэ. Соҕотох хаалан, ыал буолан аат ааттатар, удьуор утумун салҕыыр уол оҕолордооҕуттан үөрэрэ, астынара.
Уол оҕоҕо сыһыана ордук үчүгэй этэ. Уол сиэттэрин олус таптыыра. Ийэбитигэр наһаа махтанара уон оҕону бэлэхтээбитигэр. Аҕабыт олус үлэһит этэ. Тутууга сыһыаннаах буолан, барыбытын дьиэлээбитэ. Билигин ийэлээх аҕабыт олохторун кинилэр оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ салҕыыбыт.
Наҕараадалара:
1. «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл
2. 1967 с. «Коммунистическай үлэ удаарынньыга» бэлиэ
3. «Үлэ бэтэрээнэ» — ССРСР судаарыстыбаннай наҕараадата, мэтээл
4. 1975 с. — «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 30 сыла» мэтээл
5. 1995 с. — «1941-1945 сс. Аҕа доуду Улуу сэриитигэр Кыайыы 50 сыла» мэтээл
6. 1995 с. — «Тыыл бэтэрээнэ» мэтээл.
Автор: Уола А.И.Андросов