Акимова Варвара Кирилловна (1932 г.р.)

 

Мин эбэм Акимова Варвара Кирилловна – үлэ , тыыл ветерана, Сунтаар улууhун Кутана нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Сунтаар улууhун Бочуоттаах ветерана, 92 саастаах, “Ытык саас” бэлиэ хаhаайката.

Кини 1932 сыллаахха Күүкэй нэhилиэгэр, 1 Маай колхуоска Акимовтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт. Ыал улахан оҕото. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр оскуолаҕа үөрэммит.

Күhүн, үөрэнэн бүтэн баран, Күүкэй арыытыгар киирэн хортуоска хостууллар эбит. Дьиэлэриттэн ыhык дуома уктан кэлэллэр, онно эбии хортуоска буhаран биэрэллэрэ. Күhүӊӊү өттүгэр суоллара эргийэ барар буолан, ыраах хаамаллара. Дьиэлэригэр олох хойут кэлэллэрэ. Кыhын тымныыга, ыраахтан хааман кэлэн, сарсыарда оскуола оhо5ор иттэллэрэ. Тоҥор ахан эбиттэр. Билигин санаан көрдөххө, сүрдээх усулуобуйа5а үөрэммиттэр. Алаас аайыттан аргыстаhан, ааhан истэхтэринэ тахсан, бары бииргэ сүүрэн куоталаhан оскуолаларыгар элбэх буолан тиийэллэрэ. Эрдэ туран 8-9 биэрэстэлээх сиртэн хаамаллара, үрэхтэри, күөлү Кэрии ыалларынан эргийэн сылдьаллара. Сэрии буолбата5а буоллар, мин эбэм салгыы үөрэниэҕэ хаалла5а. Ол да буоллар, үс кылааhы бүтэрэн, чиҥ билиини ылбыт. Билигин да иллэҥ кэмигэр кинигэ, хаhыат холкутук аа5ар, сурук да суруйар, суоту да суоттуур, дуобаттыыр, хаарты оонньуур.

Мин эбээм уонна кини саастыылаахтара – сэрии сылларын о5олоро. Кинилэр сэрии кэмигэр биhиги са5а саастаах эбиттэр. Биһиги курдук оонньооботохтор, куруук улахан дьону кытта колхоз ыарахан үлэтигэр үлэлээбиттэр. Аччыктыыр кыһал5аны эттэринэн-хааннарынан билбиттэр. Бу оҕолор сэрии кэмигэр хара сарсыардаттан киэhээҥҥэ диэри саас ыhыыга оҕус сиэтэн, буола хорутуутугар, бааhына5а бурдук ыhыытыгар үлэлээбиттэр. Сайын улахан дьону кытта от оттоhон, ыhык таhан колхоз үлэтигэр баhаам көмөнү оҥорбуттар. Сэрии сылларыгар улахан кураан туран сири-дойдуну аhыҥа буулуур, ону кытта охсуhааччы оҕолор. Сайыны супту колхоз үүнээйитин көрөр-харайар эмиэ кинилэр. Күhүн хортуоска хостооhуна, бурдук быhыыта, түүтэхтээhинэ, о5уруот аhын хомуйааhына барыта оҕолор көмөлөрүнэн буоллаҕа. Ол быыhыгар дьон аччыктааhына, хоргуйуута, ол быыhыгар оҕолор. Чахчы сэрии сэрии кэмин оҕолоро олох ыараханын эттэринэн-хааннарынан биллэхтэрэ. Оҕо оҕо курдук оонньообокко оҕо саастарын аhардахтара. Кинилэргэ сүгүрүйэр, махтанар биhиги ытык иэспит буолар.

Чахчы сэрии киһиэхэ куһа5аны, алдьархайы эрэ а5алар. Сэрии  диэн иэдээн. Биһиги о5олор сэрии туһунан киинэлэри көрөн, кинигэлэри, ахтыылары  аа5ан, кырдьа5ас дьон кэпсээнин истэн эрэ билэбит. Биһиги билиҥҥи сайдыылаах олохпут туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут буойуннары, ветераннары мэлдьи кэриэстиир, ахтан ааһар ытык иэспит буолар. Кинилэр сырдык ааттарыгар мэлдьи сүгүрүйүөхтээхпит. Кинилэр ааттарын, хорсун быһыылара хаһан да умнуллуо суо5а. Мин сэрии хаһан да буолуон ба5арбаппын. Сир үрдүгэр мэлдьи эйэ эрэ баар буоллун.

 

Автор: Т.Иванова, ученица 4 «В» класса.