
Афанасьева Елена Гаврильевна 1929г.р-….
Мин хос хос эбээм Афанасьева Елена Гаврильевна Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Хара нэһилиэгигэр 1929 с Тохсунньу 2 күнугэр төрөөбүтэ.Билигин 95 саастаах, Дьокуускай куоракка кыыһыгар олорор.Сэрии саҕаланарыгар эбээм 12 састах этэ.Кини сэрии кэмигэр бурдук тардан,сүөһү хомуйсан үлэлээбитэ, фермаҕа 15 сааһыттан субан сүөһү уонна бостуугунан үлэлээбит. 17 сааһыттан ыанньыксыттаабыт. Фермаҕа уопсайа 35 сыл үлэлээбит.
Бииргэ төрөөбүт 3-тэр, 4 оҕолоох, 9 сиэннээх, 20 хос сиэннээх, 7 хос хос сиэннээх, уопсайа 36 сиэннээх.
Автор: А.Лукина, ученица 4 класса.