Биһиги хос эбээбит Абрамова (Николаева) Ксения Евсеевна — Өксүүнньэ 1918 сыллаахха ҮөҺээ Бүлүү оройуонугар Быракаан нэһилиэгэр олунньу ый 10 күнүгэр улахан оҕоннон төрөөбүтэ. 4 кылаас үөрэхтээх.

Өксүүнньэ олох кыра сааһыттан «Коммуна сирдьитэ» холкуоска киирбит, араас үлэлэргэ үлэлээбит. Кини сытыы-хотуу, саҥалаах-иҥэлээх, эйэҕэс-сайаҕас майгылаах буолан дьоҥҥо сөбүлэтэрэ. Сэрии саҕаланыытыгар 23 саастаах кыыс холкуоска биир төһүү үлэһит эбит. Сайыннары-кыһыннары хотон улэтин таһынан, сайын ыһыыга, окко, кыһынын от-мас тиэйиитигэр, балыктааһыҥҥа үлэлээбит.

Үлэ нуорматын толорон аһылык ылан, аймахтарын кытта өйөһөн сэриини этэҥҥэ тыыннаах туораабыппыт диэн бииргэ төрөөбүт балта Акааппыйа улаханных астынан кэпсиирэ.

«Сэрии кэмигэр Килбиэннээх үлэ иһин» диэн мэтээллээх. 1949с. ыал буолан Туобуйаҕа көспүтэ. 9 оҕолоох. Ийэҕэ албан аат I, II, III степеннээх мэтээллэрдээх. Кыайыы күнүгэр аналлаах юбилейнай мэтээллэрдээх. Кулун тутар 17 күнүгэр 2002с. Бүлүүгэ өлбүтэ. Кини олоҕун элбэх сиэннэр, хос сиэннэр салгыыллар.

 

Автор: И.Волков, ученик 4 класса.